Новости и события АГАТУ

Новости

Афанасий Васильевич Чугунов 85 сааhа!

СӨ биллиилээх селекционер учуонайын, Россия уонна Саха сирин наукаларын үтүөлээх үлэһитин, тыа хаһаайыстыбатын билимин дуоктарын, профессоры, СӨ наукатын академигын, СӨ наукаҕа уонна техникаҕа судаарыстыбаннай премия лауреатын, РФ үрдүк профессиональнай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитин, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгунун, публицист, суруйааччы, прозаик, Өрөспүүбүлүкэ, Мэҥэ-Хаҥалас, Малдьаҕар уонна Дьаҥхаада нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо үрдүк ааты чиэстээхтик сүгэр Афанасий Васильевич Чугунову баай ис хоһоонноох олоҕуҥ биир бэлиэ түгэнинэн – 85-с хааргар үктэммиккинэн – сахалыы итии-истиҥ эҕэрдэ этэбит!

Киэҥ-нэлэмэн дойдубут тыаларыгар олохтоммут оскуолаларга – агрохайысханан туһаайан үлэлиир соругу Эн биир маҥнайгынан этии киллэрэн үлэлэппитиҥ – күн бүгүн сайда-чэчирии тураллар. Маннык курдук мындыр, дириҥ толкуйуҥ, киэҥ билииҥ уонна инникини былаанныыр өйүҥ кустуга Сахабыт сирэ сайдарыгар кылааты киллэрбитигэр ким да саарбахтаабат.

Эдэр сааскыттан ыла далааһыннаах саҕалааһыннарыҥ билигин даҕаны наука, билим уонна айар үлэҕэ дьарыктанар ыччаппытыгар күндү бэлэх. Эн үйэҕин анаабыт үтүө холобурдаах научнай үлэлэриҥ – олохтоох сүөһүнү иитиигэ, төлөһүтүүгэ уонна кини генофонун харыстааһыныгар саҥа идэлээх дьону үөрэтиигэ сүдү кылаат.

Афанасий Васильевич, бу ытык сааскар олоххо көхтөөх позицияҕын ыһыктыбакка сылдьаргынан киэн туттан туран, ис сүрэхтэн тахсар истиҥ тылларынан эҕэрдэлиибит! Саха киһитин олоххо күүстээх тапталын, Дьылҕа Хаан араас тургутууларын этэҥҥэ ааһан, ыарахаттартан чаҕыйбакка, инниҥ диэки барар дьүккүөрүҥ, үлэһит сүрэҕин Эн хоһуун холобургар көрөбүт. Эн айымньылаах үлэҥ дьону-сэргэни үтүөҕэ-кэрэҕэ кынаттыыр, сырдыкка-ыраахха угуйар. Бу курдук кэскиллээҕи көрөн, өйгүн-санааҕын, билиигин-көрүүгүн түмэн, дьоҕургун биэрэн, бар дьонуҥ ытыктабылын ылан дьаныардаахтык, үтүө суобастаахтык үлэлии-хамсыы сылдьаргынан киэн туттабыт!

Эйигин, Саха сирин историятыгар чаҕылхай суолу тэлбит, тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар сүдү кылааты киллэрбит ытык киһибитин, үрдүктүк сыаналыыбыт, үтүө ааккар сүгүрүйэбит, дириҥник махтанабыт! Киһи быһыытынан үтүө-холку майгыҥ, олоххо дьулууруҥ, күүстээх санааҥ чугас уонна алтыһар дьоҥҥор, кэлэр кэнэҕэски ыччаккар үтүө холобур буолар.

Чугас дьонуҥ, биир дойдулаахтарыҥ, кыһамньытынан сүһүөҕүҥ үрдүгэр, үлэ үөһүгэр сылдьан ытык сааскын көрсөргүттэн үөрэбит, сөҕөбүт-махтайабыт! Үтүөкэн киһибит, чэгиэн-чэбдик сырыт, Эйиэхэ, Эн дьиэ кэргэҥҥэр чэгиэн-чэбдик туругу, уйгулаах-быйаҥнаах олоҕу, дьолу, уһун үйэни баҕарабыт!

Эҕэрдэни кытта Арктикатааҕы САТУ ректора Валерий Федоров.