Новости и события АГАТУ
Үүнээйигэ биологически активнай препараттары туһаныы
Фитоспорин. Ыарыыны утары туһаныллар. (Черная ножка, мучнистая роса, парша, альтернариоз уонна да атыттар). Сиэмэлэри илитиллэр, рассада пикировкаланар кэмигэр силиһин суурайан ылабыт. Суурадаһын оңорорго 1 лиитрэ ууга 3 грамм ылыллар сибэккилэргэ, помидорга 30 грамм 10 лиитрэ ууга. ол эбэтэр 1 ч.л. киирэр, 3-3,5 гр боруһуок препарата. 3 литрэ ууга 1.5 гр буолар.
Циркон. Рассада силистэрин бөҕөргөтөр, сэбирдэхтэрин, үнүгэстэрин үүнүүтүн элбэтэр. Салгын температуратын хамсааһыныгар стресстэн тахсарыгар улахан туһалаах. Рассаданы көһөруу кэмигэр пикировка5а олус туьалаах. Эбэьээт уунээйини ыстарыллар, 5 лиитрэ ууга 0.5 гр (1 ч.л.) суурайабыт.
Эпин. Үүнэр уоҕун күүһүрдэр. уунэһинин түргэтэтэр препарат. Миэстэтин оннун булунан олороругар, стресстэн сааскы салгын хамсааһыныытыттан үүнээйини көмүскүүр, хаһынтан таһаарар. Итии тымныы салгын хамнааһынын тулуйумтуо буолар. Сана эччэйиилээх үүнээйилэри түргэнник оһордор, силиьин модьуратар. Рассадаҕа туһанылларыгар 2 хаапыланы 500 мл ууга суурадыллар.
НВ — 101. Бу натуральнай стимулятар тургэнник уунэрэр препараттарга киирсэр. Уунээйи имуннай уо5ун кууьурдэр айыл5а куөх уунээйититтэн экстракт оноьуллан тахсыбыт препарат. Рассада уунээйитигэр наьаа туьалаах буорун быйанан тупсарар, уунээьини тургэтэтэр, имунитетын сайыннарар, ыарыыга бэриммэт тулуурдаах буолар. 1 лиитрэ ууга 2 хаапыла туттуллар. Көһөрүү кэнниттэн тургэнник ылсыьарыгар улахан көмөлөөх. Айыл5а уонна дьыл, салгын температуратын халбаннааьыннарыгар бэриммэккэ, тулуйарыгар туьалыыр. Сиэмэни кинирастворугар 2-4 чаас сытыаран ыла5ыт. Оноьуллубут буорга 1 мл 10 лиитрэ ууга суурайыллар, ыстарыллар. Рассадалаан турар кэмигэр эбэтэр таьырдьа олордон баран 1 мл 10 л ууга буккуйан баран ыстарыллар 3 неделя устата.
Корневин. Эдэр уунээйи тургэнник уунээьинин хонтуруоллуур фитогормонна оноьуллубут препарат. Силстэниини тэнитэр, модьутук тарҕаныытыгар көмөлөһөр. Үксүн икки — ус дьиннээх сэбирдэҕэ таҕыстаҕына рассаданы көһөрүү саҕаланар кэмигэр уунээйи унугэьин, силиьин умньаан ылан баран олордуллар. Силис рассадаҕа төһөнөн тургэнник тэнийэр, соччононон тургэнник уунээйи ааьыыр, модьуруур, салгын температуратын тулуйар буолар. Биир пакеты 5 гр 5 лиитрэ ууга суурадыллар. Унээйигэ аллараанан силиьигэр кутуллар.
Биоклон. Силис уунэригэртардар кууьурдэр тургэнник. Рассаданы элбэтэргэ, умнаьынан тар5атарга көмөлөһөр. Ону таьынан тургэнник тулалыыр эйгэтигэр оннун булунарыгар туьалыыр. Уксун череногунан, умнаьынан тар5атыыга олус табыгастаах. Холобура петуния5а черенкование диэн баар онно олох учугэйдик туьаныллар. Силиьин умньаан ылаллар.Бу уксун гель курдук буолар, кини элбэх битэмииннэрдээх, эбии инэмтэлээх астаах ол эбэтэр (питательные вещества) диэн, олус туьалаах препарат. Биоклону уунээйи силиьин гельгэ умньаан ылан баран 5 мунуутэ тутабыт, ол кэннэ олордуллар. Биир гель 20-25 умнастка тиийэр.
Радигрин. Бу эмиэ силистэниигэ (черенкование5а) туьалаах тургэнник оннун буларыгар ааттаах учугэй стимулятор.Бу химикат буолбатах,уунээйи айыл5а дирин төрутуттэн аастан (азоттан) оьоьуллубут вещество.. 30 мл 100 унугэскэ тиийэр. Уунээйини силиьин умньаан ылан тута туьэн баран буорга анньыллар. Петуния5а, бувенгиллия, дьиэ сибэккилэригэр,хризантема5а, биир сыллаах сибэккилэргэ туьаныллар.
Фертика Люкс. Комплекснай удобрения. Аһын элбээтээһиннэ, сибэккилэһинин тургэтэтэр, хойуу буоларыгар уонна модьу та5а буола уунэригэр, аьын тиийбэтин ситэрэр, уунэрин тухары толору аьын биэрэригэр туһаныллар. Үүнээйи куоппаһырыытын үрдэтэр. 1 остолубуой ложка 10 лиитрэ ууга суурайыллар. 10 хонук буола буола аьатыллар.
Здоровый урожай. Бу манны Гумат калия диэн эмиэ ааттыыбыт. Уунээйи тургэнник, дэбигэстик ылынарыгар, модьурааьыныгар туьаныллар.Минеральнай уо5урдуулаах, гуминнардаах, элбэк микроэлеменнардаах N, P, K, S, B, Mo, Mn, Cu, Co, Zn, Fe, Ca, Mg, Na. Ол курдук 100 быраьыан тар5анар, иннэмтэлээх органическай препарат. Атын препараттартар ордуга диэн цинк, бор, марганец, магний, фосфор уонна калий сурун туругунан баар. Уунээйи сиэмэнэн олоппут кэннэ быгааьыныгар, сурун уунуутугэр, аьын тэнник тар5атааьыныгар куус буолар. Ол курдук сааскы салгын хамсааьыныгар, араас айыл5а эмискэ уларыйааьыныгар тулуьарыгар көмө буолар. Ханнык ба5арар уунээйигэ туьалаах. Маны туттар буоллахха минеральной удобрение кутуллубат Олордуох иннинэ сиэмэни илитэргэ 14-24 чаас сытыарыллар, 15 мл 1 лиитрэ ууга. Эбии аьатыыга 14 хонук буола буола 20 мл 10 лиитрэ ууга сууйыллар.
Хортоопуйу олордуох иннинэ 2 лиитрэ растворга уган ылабыт.
ЭМ-препарат. Ардыгар Эмбиота диэнинэн билэллэр. Ыарыыны утары обеззараживающай курдук туьанабыт. Буору, уунээйини урдунэн, алларанан ыьыллар. Хлордаах ууга суураллыбат. Сиэмэни суураллыбыт раствордаах иьиккэ сытыаран ылабыт 10 чаас устата. 10 мл 1 лиитрэ ууга. Уунэр кэмигэр ол эбэтэр 1 кы уонна 2 с дьиннээх сэбирдэхтэрэ тагыстахтарына 30 мл 1 кв. миэтэрэ5э ыьабыт сэбирдэхтэригэр сарсыарда эрдэ или киэьээ өттүгэр.
Гумат калия, Эм-препарат Россельхозцентртан ылыаххытын сөп. Аадырыьа: Каландаришвили уулуссата 3-ьэ.
Идеал универсальнай удобрение.Уунээйигэр барытыгар туттуоххун соп. Ордук сибэккилэргэ уонна дьэдьэннэ туттабын..О5урсуга помидорга внекорневой подкормка5а туттуоххутун сөп, сэбирдэ5ин угун опрыскивайдаан туьаныллар. Дьиэ5э уунэр кыьынны уунээйилэргэ эмиэ туттуоххун соп. Туьанарга инструкциятын көруөххутун наада. 10 л 2 ст ложка идеал барсар огуруот астанар кэмигэр кутуллар. 1 лиитрэ биир кустика барар.