Новости и события АГАТУ
Афанасий Чугунов: «Саха литературатыгар хойутаан киирбит хоһоонньуппун, сээбэҥнээн сылдьыбыт сэһэнньиппин»
Афанасий Васильевич Чугунов РФ, СӨ наукаларын үтүөлээх деятелэ, СӨ Наукаларын академиятын академига, тыа хаһаайыстыбатын наукаларын доктора, профессор, РФ үрдүкү профессиональнай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, СӨ Учууталларын учуутала, СӨ үөрэҕин тиһигин бочуоттаах бэтэрээнэ, РФ суруйааччыларын сойууһун, РФ суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ саха литературатыгар хойутаан киирбит суруйааччы буолар. Дэлэҕэ даҕаны бэйэтин «хойутаан киирбит хоһоонньуппун, сээбэҥнээн сылдьыбыт сэһэнньиппин» диэн ааттаан этиэ дуо?
Муус устар 19 күнүгэр Саха судаарыстыбаннай тыа хаһаайыстыбатын академиятын саалатыгар академик, суруйааччы, суруналыыс Афанасий Васильевич Чугунов айар үлэтигэр анаммыт көрсүһүү буолан ааста.
А.В. Чугунов 27 уус-уран кинигэ ааптара. Бу барыта бэйэтин сүрүн үлэтиттэн быыс булан суруйбут айымньылара. Суруйар тиэмэтэ биир — тыа олоҕо.
Афанасий Васильевич Чугунов 1938 сыллаахха тохсунньу 26 күнүгэр Мэҥэ-Хаҥалас оройуонун Мэлдьэхси нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Идэтинэн зоотехник. Ол туһунан бэйэтэ маннык диэн кэпсиир:
«Тыл үөрэҕэ суох киһибин, зоотехникпын. Саха судаарыстыбаннай үнүбүрсүтүөтүн маҥнайгы выпуһабын. Саха ыччатын дьолугар 1956 сыллаахха үнүбүрсүтүөт арыллыбыта. Устудьуоннуу сылдьан науканан дьарыктанан барбытым. Онтон 1961 сыллаахха үөрэхпин бүтэрэн баран, дойдубар, Мэҥэ-Хаҥаласка Герой Федор Попов аатынан колхуоска зоотехнигынан үлэлии барбытым. 25 зоотехник, 50 бэтэринээр-быраас буолан үөрэхпитин бүтэрбиппит. Оччотооҕу ыччакка патриотизм тыына үрдүк этэ. Үөрэммит буруйбутугар дойдубутугар улахан иэстээх курдук сананарбыт, дойдубутугар тапталбыт итиччэ үлүгэр этэ».
А.В. Чугунов1966 сылтан СГУ ТХФ, онтон ССТХГА преподавателинэн үлэлиир. 11 монография уонна кинигэ, 230 научнай ыстатыйа, 60 үөрэтэр-методическай үлэ, 180 публицистическай ыстатыйа уонна 27 уус-уран кинигэ ааптара. Профессор Афанасий Васильевич Чугунов өрөспүүбүлүкэҕэ агротехнологическай хайысхалаах уопсай үөрэхтээһин оскуолаларын тэрийиини көҕүлээччилэртэн биирдэстэрэ уонна научнай консультана буолар.
«Үлэм быыһыгар анабыл хоһооннору төрөөбүт күннээхтэргэ суруйар буолбутум. Сарсыарда 4-5 чаастан суруйан саҕалыырым. Бу сылдьан икки кинигэни таһааттардым. Кинигэлэри туппуппунан «миигин сойууска киллэриҥ» диэн этиилээх Рафаэль Баҕатаайыскайга тиийдим, кинигэлэрбин Савва Иванович Тарасовка, Доосоҕо, өссө түөрт, хас улуу дьоҥҥо көрдөрдүм. «Тыый, Афоня, киир, биһиэхэ учуонайдар наадалар», — дии түстүлэр дьонум. Итиччэлээҕи истэн туруом дуо, «киһиргээммин», сылга 2-лии кинигэни таһааттарарым», — диэн ахтан ааһар Афанасий Васильевич.
«Ыччат эйэ, сиэр-майгы өттүнэн иитиллиэхтээх, итинтэн атын туох да суох. Ыччат күннээҕи сылдьар быһыытыгар-майгытыгар, дьоҥҥо, төрөппүккэ сыһыаныгар, үлэтигэр эйэ, сиэр-майгы симэхтээх буолуохтаах. Мин ыччакка аналлаах хоһооннорум философията итиннэ олоҕурар».
«Дьулус, таптаа, харыстаа, үлэлэлээ, сүбэлэс, идэлэн, дьиҥи тутус, билиилэн, өйдөө, ай, итэҕэй, тардын, эрэн, ыал буол, кэрэҕэ дьулус, киһини көмүскээ, былааһы былдьаһыма, сахабын дэн, дьолго дьулус, үрдүккэ талас, хайҕалы ситис!», — бу сахам ыччатыгар туһаайан этэр кэс тылым».