Новости и события АГАТУ
СӨ уонна РФ билимнэрин үтүөлээх диэйэтэлэ, СӨ наукаларын Академиятын академига, тыа хаһаайыстыбатын билимин дуоктара, профессор Афанасий Васильевич Чугунов 85 сааһыгар аналлаах, «Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн» көрсө
Саха Республикатын маҥнайгы Президенэ М. Е. Николаев 1996 сыл олунньу 9 күнүнээҕи 1294 №-дээх «Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн биллэрии туһунан» Ыйааҕар олоҕуран, С. А. Новгородов төрөөбүт күнүгэр түбэһиннэрэн — олунньу 13 күнэ — Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн биллэриллибитэ.
СӨ уонна РФ билимнэрин үтүөлээх диэйэтэлэ, СӨ наукаларын Академиятын академига, тыа хаһаайыстыбатын билимин дуоктара, профессор Афанасий Васильевич Чугунов 85 сааһыгар аналлаах, «Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн» көрсө анал тэрээһин Научнай библиотека ааҕар саалатыгар түөрт түһүмэҕинэн ыытылынна:
1. Төрөөбүт сахатын тылын сайыннарыыга, чинчийиигэ олоҕун анаабыт, саха алпаабытын төрүттээбит, лингвист-учуонай Семен Андреевич Новгородов олоҕор, айар үлэтигэр олоҕуран бэлэмнэммит матырыйаалы билиһиннэрии.
2. СӨ судаарыстыбаннай уонна дьиҥ таһымнаах тылларын харыстааһын уонна сайыннарыы чэрчитинэн анал бырайыак, саха норуотугар сүдү суолталаах үлэ, 15 туомунан тахсыбыт саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьыта куйаар ситимигэр тахсыбытын билиһиннэрии, көрдөрүү. 3. А. В. Чугунов «Өтөх төҥүргэстээх» романыттан «Сахалыы диктант» суруйуута. 4. Афанасий Васильевич олоҕун, айар үлэтин билиһиннэрии.
«Сахалыы диктант» суруйуутугар уопсайа 60 оҕо кыттыыны ылла. Манна сурук бэлиэлэрин, буочар уонна сахалыы тыллары табатык суруйуу сыаналанна.
Түмүккэ, бириистээх миэстэлэргэ тигистилэр:
1 миэстэ – Васильева Любовь, ФВМ Вет-22-2
2 миэстэ – Прокопьев Ким, АТФ Тех-21
3 миэстэ – Васильева Анна, ЭФ Мен-20
Афанасий Васильевич «Төрөөбүт тыл», «Хомус тыаһа», «Үчүгэйиэн», «Таптал-санаа кустуга» хоһооннорун тылын-өһүн өйдөөн, ис дууһаларыттан Васильева Сардаана КТиУ ПКД-9-21, Аржакова Аня КТиУ ПКД-9-21, Скрябин Марк ФЛКиЗ ЛА-2, Никонов Коля КТиУ ТТО-22 аахпыттара сүргэни көтөхтө, тыл сүмэтигэр иитии буоларын бигэргэттэ. Иван Фомин КТиУ Иван Гоголев-Кындыл хоһоонугар, Грант Григорян мелодиятыгар «Саха сирэ» ырыаны толоруута тэрээһини ситэрэн-хоторон, тупсаран биэрдэ.
Бары көхтөөхтүк кыттыбыт устудьуоннарбытыгар Научнай библиотека коллективын аатыттан махталбытын биллэрэбит!
Төрөөбүт тыл кэрэтин, сүҥкэн баайын харыстыаҕыҥ, төрөөбүт тылы таптыаҕыҥ!