Новости и события АГАТУ

Новости библиотеки

Күндү ааҕааччылар!

Саха Республикатын маҥнайгы Президенэ М.Е. Николаев 1294 №-дээх «Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн биллэрии туһунан» Ыйааҕар олоҕуран, С.А. Новгородов төрөөбүт күнүгэр түбэһиннэрэн — олунньу 13 күнэ — Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн биллэриллибитэ.

Бүгүн, «Кэскил» устудьуоннар дьиэлэригэр  «Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнэ» анал тэрээһин үс түһүмэҕинэн ыытылынна:

1.Төрөөбүт сахатын тылын сайыннарыыга, чинчийиигэ олоҕун анаабыт, саха алфавитын төрүттээбит, лингвист-учуонай Семен Андреевич Новгородов олоҕор, айар үлэтигэр олоҕуран бэлэмнэммит матырыйаалы билиһиннэрии.

2.Ю.И. Васильев «И.Н.Барахов уонна саха тыла» диэн үлэтин тула кэпсэтии, бэсиэдэлэһии.

3.СӨ судаарыстыбаннай уонна дьиҥ таһымнаах тылларын харыстааһын уонна сайыннарыы чэрчитинэн анал бырайыак,  саха норуотугар сүдү суолталаах үлэ, 15 туомунан тахсыбыт саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьыта куйаар ситимигэр  тахсыбытын билиһиннэрии, көрдөрүү http://igi.ysn.ru/btsja/

https://t.me/nbibl_2022/201

https://t.me/nbibl_2022/202

https://t.me/nbibl_2022/203