Новости и события АГАТУ
Валерий Федоров:«Тыа хаһаайыстыбата үгүс киһи талаһар салаата буолуоҕа»
(«Саха сирэ» хаһыат, N45 (6388), сэтинньи 16 күнэ 2023 сыл)
Тыа хаһаайыстыбатыгар анаан исписэлиистэри бэлэмниир соҕотох үрдүк үөрэх кыһатыгар — Арктикатааҕы агротехнологическай университекка быйыл 3000‑тан тахса устудьуон идэ ылаары үөрэнэ сылдьар. Университет 5 факультетыгар уонна кэллиэһигэр тыа хаһаайыстыбатын араас хайысхаларыгар ыччаты бэлэмниир. Бу үлэҕэ 160‑тан тахса преподаватель үлэлии-хамсыы сылдьар. Ректор — биологическай наука дуоктара, Ил Түмэн дьокутаата Валерий Федоров.
Валерий Федоров университеты салайбыта аны икки ыйынан иккис сыла буолар. Бу кэм устата сүрүннээн материальнай-тиэхиньиичэскэй баазаны бөҕөргөтүүгэ үлэ барда. Хаарбах туруктаах диэн тохтотуллан турбут сылгыны тутар спортивнай комплекска өрөмүөн ыытыллан, быйыл ат сүүрдүүлэрин үгүстүк тэрийдилэр. Ипподромҥа сүүрүк аттары эрчийэллэрин таһынан, устудьуоннар хайыһарынан дьарыктанар усулуобуйаларын тэрийдилэр. Манна устудьуон-
нар эрэ буолбакка, чугастыы олорор куорат олохтоохторо да кэлэн дьарыктанар кыахтаахтар. Салгыы бырайыак быһыытынан ипподром сиригэр аһаҕас стадион оҥоруохтаахтар итиэннэ тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин көрдөрөр былаһаакка тэрийиэхтээхтэр.
Биир сүрүн ситиһиилэринэн — устудьуоннар олорор уопсайдарыгар өрөмүөн оҥорон, хосторго миэбэли, утуйар таҥаһы саҥардан саҕалаабыттара буолар. Өктөмнөөҕү
филиалга уопсай дьиэҕэ түннүктэри бүтүннүү уларыттылар. Эһиил филиал тэриллибитэ 25 сыла бэлиэтэниэхтээх, онон бэлиэ даатаны көрсө быйыл манна өрөмүөн үлэтэ салҕаныаҕа. Спортивнай комплекска уонна бэтэринээринэй килииникэ дьиэтигэр, эмиэ хаарбах туруктаах диэн үлэлээбэккэ турбут гарааска эмиэ өрөмүөн үлэтэ барда.
Уопсай тиийбэтэ атахтыыр
Бүгүҥҥү күҥҥэ биир сүрүн кыһалҕалара — уопсай тиийбэтэ буолар. 2300 уопсайга наадыйар устудьуоҥҥа 600 эрэ миэстэлээхтэр. “Бу биһиги атын үөрэх кыһаларыттан кыайтарар өрүппүт буолан турар. Экэниэмикэ хайа да салаатын сайыннарыы каадыры бэлэмнээһинтэн саҕаланыахтаах. Өрөспүүбүлүкэҕэ тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыны өйөөһүн барыахтаах диир буоллахпытына, бастатан туран, бу боппуруоска болҕомтону уурар наада. Онон, тыа хаһаайыстыбатын исписэлиистэрин бэлэмниир үлэни ыытар университет кыһалҕаларын өрөспүүбүлүкэбит бырабыыталыстыбата болҕомтоҕо ыларын эрэйэбит. РФ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ университет үлэтигэр субсидия харчыны тыырар, ол эрээри, бу боппуруоһу толору быһаарбат”, — диэн Валерий Федоров сүрүн кыһалҕаларын туһунан кэпсиир.
Айти-исписэлиистэри бэлэмнииргэ үлэлэһиэхтээхпит
Тыа хаһаайыстыбатыгар аныгы технология эмиэ өтөн киирэн эрэр. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ынах сүөһүнү, сылгыны, табаны иитиигэ билигин саҥа технологиялар, сыыппара систиэмэтэ кыралаан киирэн саҕалаата. “Ол аата биһиги агропромышленнай комплекска үлэлиир агроинженердары, ветеринарнай бырастары, зоотехниктары, технологтары, аска-үөлгэ сэрэхтээх буолууну хааччыйыыга
айти-исписэлиистэри бэлэмнииргэ үлэлэһиэхтээхпит. Саҥа технологиялары баһылаабыт исписэлиистэр үлэлээн-хамсаан,
Саха сирин киэҥ сирин-уотун баһылаан бардахтарына, сайдыы барыаҕа”, — диэн ректор этэр.
Ыччаттар хаһаайыстыба тэрийэн үлэлииллэригэр кыахта биэриэххэ
Университеты бүтэрбит устудьуоннар тыа хаһаайыстыбатыгар хаалан үлэлииллэрэ кэлиҥҥи сылларга аҕыйаабыта көстөр. Онон ыччаты тыа сиригэр, чуолаан уһук хоту улуустарга үлэлэтэ ыытарга көдьүүстээх өйөбүл миэрэтэ, сөптөөх усулуобуйа тэриллэрэ наада курдук. Бу туһунан Валерий Федоров:
— Билиҥҥитэ көрдөрүү үрдүк диир кыахпыт суох. Үлэлиир, төрөөбүт дойдуларыгар тиийэн
хаһаайыстыба тэринэр, дохуот аахсар ыччаттар, биллэн турар, бааллар. Ол эрээри кыра бырыһыан. Биһиги бэйэбит өттүбүтүттэн выпускниктарбыт тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар тиийэн үлэлииллэрин-хамсыылларын тобулууга үлэни, кэпсэтиини ыытабыт. Холобур, билигин тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кытта ыытар кэпсэтиибититтэн, агростартаптары өйүөххэ эбэтэр ыччаттар биригээдэ тэринэн, тыа сиригэр тиийэн хаһаайыстыба тэрийэн үлэлииллэригэр кыахта биэриэххэ да диэн этиилэри үөрэтэбит. Уонна ити этэн аһарбытым курдук, ыччат аныгы технологияҕа талаһар. Бу баар буоллаҕына, сонун, аныгылыы соруктар турар буоллахтарына, мин санаабар, анал үөрэҕи ылбыт эдэр дьон тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар талаһыахтара, — диир.
Арктическай государственнай агротехнологическай университекка бырактыычаскэй дьарыкка улахан болҕомто ууруллар. Устудьуоннар Булуҥ улууһугар тиийэ быраактыкаларын бараннар, талбыт идэлэрин иһиттэн билэллэр эбит. АГАТУ онон өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар баар тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрин кытта дуогабар түһэрсэн, устудьуоннары быраактыкаҕа ыытар. Улуустарга үлэһит илии тиийбэтинэн, оҕолор ытыс үрдүгэр түһэн, олус үчүгэйдик үлэлээн-хамсаан, билиилэрэ хаҥаан, харахтара уоттанан кэлэллэр. Холобур, быйыл агроинженергэ үөрэнэр устудьуоннар преподавателлэрин кытта Ньурбатааҕы сүөһү аһын бэлэмниир хампаанньаҕа — саас ыһыыга уонна күһүн хомуур үлэтигэр сылдьыһан, туох баар тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин бэйэлэрэ көрөн-истэн сылдьыбыттар. Сайын зоотехник, бэтэринээр оҕолор Булуҥ улууһугар ыстаадаҕа быраактыкаларын барбыттара. Болдьохторо бүппүтүн кэннэ салгыы хаалан, хамнас аахсан, үөрэн-көтөн кэлбиттэр. Анаабыр улууһугар Спиридонов аатынан табаны иитэр тэрилтэни кытта эмиэ дуогабардаахтар. Манна эмиэ устудьуоннар преподавателлэрин кытта табаны бруцеллезтан харыстыырга үлэлэһиэхтээхтэр. Сүөһү аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ Өктөмнөөҕү филиал баазатыгар сайын аайы үлэ тохтоло суох барар. Уонна биир хайысха — ойууру чөлгө түһэриигэ үлэлэһэллэр. «Сургутнефтегаз», «Анаабыр алмаастара» курдук бөдөҥ тэрилтэлэри кытта дуогабар түһэрсэн, үһүс сылын үлэлээтилэр. Бу кэм устата бэйэлэрин лесопитомниктарыгар бэс уонна тиит мастары үүннэрэн, уопсайа 600 тыһыынча кэриҥэ маһы олордубуттар. Бу барыта устудьуоннары идэҕэ киллэрии, билиилэрин чиҥэтии үлэтэ.
Яна ВИНОКУРОВА.