Новости и события АГАТУ
Cаҥа сүүрээннээх кыһа
Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет кэлиҥҥи сылларга араас саҥа сүүрээннэри киллэрэр. Кэлин киэҥник сайдан эрэр ландшафтнай дизайн идэтигэр бу эрэ үөрэх кыһатыгар бэлэмнииллэр. Аны үрдүк, орто үөрэхтэргэ холбоон былырыыҥҥытааҕар 164 миэстэнэн элбэх бүддьүөт миэстэтэ көрүллүбүт. Ону ааһан, 9-с кылаас кэнниттэн туттарсааччыларга эмиэ миэстэлэри тыырбыттар. Сиһилии университет киин тутар хамыыһыйатын начаалынньыга Павлина Васильева кэпсээтэ.
Бүддьүөт миэстэтэ
“Арассыыйаттан көрүллэр бүддьүөт миэстэтэ сылтан-сыл элбээн иһэр. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университекка 2022-2023 үөрэх дьылыгар барыта 1067 бүддьүөт миэстэтэ көрүлүннэ. Бу ааспыт сыллааҕар 164 миэстэнэн элбэх. Ол курдук, 817 миэстэ үрдүк, 250 миэстэ орто анал үөрэххэ тыырылынна. Быйыл орто үөрэххэ ордук хото көрдүлэр: былырыын 130 миэстэ эбит буоллаҕына, быйыл 120 миэстэнэн элбэх. Бүддьүөт миэстэтин эбиллиитэ кэккэ төрүөттэрдээх: ыйыллыбыт болдьоҕор миэстэни толорууттан, төһө элбэх оҕо бүтэрэриттэн, бүтэрээччилэр үлэ миэстэтинэн хааччыллыыларыттан, о.д.а. усулуобуйалартан тутулуктаах”, – диэн Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет киин тутар хамыыһыйатын начаалынньыга Павлина Васильева иһитиннэрдэ.
Орто үөрэх
Өскөтүн Саха сирин үгүс атын үрдүк үөрэҕин кыһаларыгар 9-с кылаас кэнниттэн ылбат эбит буоллахтарына, Арктикатааҕы судаарыстыбаннай университет быйыл номнуо үһүс сылын тохсус кылаас кэнниттэн ылар. Биир кэрэхсэбиллээҕэ диэн, манна – 9-с кылаас кэнниттэн туттарсааччыларга быйыл бүддьүөт миэстэлэрин көрбүттэр. Ол курдук, “информационнай система уонна программирование” идэтигэр 25, “буҕаалтыр” идэтигэр 13, “юрист” идэтигэр 13 миэстэни биэрбиттэр. Манна даҕатан эттэххэ, былырыыҥҥыттан 9-с кылаас кэнниттэн “повар уонна кондитер дьыалата” саҥа идэ аһыллыбыта. Саҥа хайысха буоларын быһыытынан, билиҥҥитэ бүддьүөт миэстэтэ көрүллэ илик. Ол эрээри, номнуо дьоҥ сэҥээритин ылла.
Үрдүк үөрэх
Киин тутар хамыыһыйа начаалынньыга бэлиэтииринэн, 2022-2023 үөрэх дьылыгар үрдүк үөрэххэ туттарсыыга бары идэлэргэ бүддьүөт миэстэлэрэ бэриллибиттэр: зоотехник, теплотехник, буҕаалтыр, агроном, землеустройство… Ааспыт сылы ылан көрдөххө, информационнай система уонна технология, экэниэмикэ, менеджмент, атыы дьыалата, ландшафтнай архитектура хайысхаларга былырыын куонкурус үрдүк эбит. Быйыл ойуур комплексын уонна землеустройство факультетын бары хайысхаларыгар бүддьүөттэн миэстэлэри биэрбиттэр: ойуур дьыалата, ойуур инженерин дьыалата, агрономия, ландшафтнай архитектура. Маны таһынан, магистратураҕа эмиэ хото көрүллүбүт. Быйыл “землеустройство уонна кадастр” хайысхаҕа кэтэхтэн үөрэххэ бүддьүөттэн 50 миэстэни биэрбиттэр.
Төлөбүр
Хас биирдии абитуриент, төрөппүт бүддьүөт миэстэтигэр киирбэккэ хаалар түгэнигэр төлөбүрдээх үөрэҕи көрөр. “Үөрэх төлөбүрэ саас бигэргэтиллэр. Ааспыт сыллааҕыттан суумата улаханнык уларыйбата буолуо диэн сабаҕалыыбыт. Холобур, былырыын күнүскү үрдүк үөрэххэ сылга 115 тыһ. солк. этэ. Маны аҥаардаан төлүөхтэрин сөп. Кэтэхтэн туттарсааччыларга ханнык хайысхаҕа туттарсалларыттан көрөн 58-65 тыһ. солк. тэҥнэспитэ. Орто үөрэххэ 9-с кылаас кэнниттэн туттарсааччыларга сылга 80 тыһ. солк. (аҥаардаан төлүүр көҥүллэнэр), 11-с кылаас кэнниттэн күнүскү үөрэххэ 60-70 тыһ. солк., кэтэхтэн үөрэххэ 45 тыһ. солк. этэ”, – диэн иһитиннэрдилэр.
Биир үөрэххэ киирэллэр – икки дьупулуомнаах тахсаллар
Университекка сыллата саҥа сүүрээннэр, уларыйыылар киирэллэр. Абитуриеҥҥа табыгастаах усулуобуйаны олохтууллар. Бастакытынан, агрономия уонна зоотехния хайысхаларыгар үөрэххэ киирбиттэр икки дьупулуомнаах үрдүк үөрэҕи бүтэрэр кыахтаахтар эбит. Ол курдук, Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университекка абитуриент биир кэлим эксээмэнинэн (ЕГЭ) киирэр, оттон М.Козыбаев аатынан Хотугулуу-Казахстан судаарыстыбаннай университетыгар (Северо-Казахстанский государственный университет имени М.Козыбаева) үрдүк үөрэххэ экэниэмикэ хайысхатыгар үөрэххэ туттарсарыгар сэһэргэһиини (собеседование) эрэ ааһан киирэр. Итиэннэ икки үөрэххэ тэҥинэн үөрэнэн, икки дьупулуомнаах исписэлиис буолан тахсар. Ону тэҥэ, магистратураҕа туттарсааччылар эмиэ маннааҕы университеты (АГАТУ) сэргэ Казахскай национальнай аграрнай университеты (Казахский национальный аграрный университет) бүтэрэн эмиэ икки дьупулуомнаах исписэлиис буолан тахсар кыахтаахтар. Иккиһинэн, Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университекка үрдүк үөрэххэ бүддьүөт миэстэтигэр туттарсан киирбиттэр, сүрүн үөрэхтэрин хайысхатынан босхо оробуочай идэлэри баһылыахтарын сөп. Онон биир үөрэххэ туттарсан киирэллэр уонна икки дьупулуомнаах исписэлиис буолан тахсаллар.
Тус сыаллаах үөрэх
Ханнык баҕарар үрдүк үөрэххэ сыллата тус сыаллаах (целевой) миэстэ көрүллэр. Былырыын тустаах университекка 112 миэстэ бэриллибит эбит буоллаҕына, онтон отуттан тахса бырыһыана эрэ туһаныллыбыт. Тус сыаллаах үөрэх үчүгэйэ диэн, оҕо үлэ тэрилтэтин кытта номнуо дуогабардаһар буолан, үөрэҕин кэнниттэн үлэ көрдүү сүүрбэккэ, ханна үлэлиирэ эрдэттэн быһаарыллар. Аны тус сыаллаах миэстэҕэ туттарсар абитуриеннар бэйэлэрин истэригэр туспа куонкурустаһаллар. Онон үгүстэрэ үөрэххэ киирэр кыахтаахтар. Манна анаан быйыл 126 кубуота тыырыллыбыт. Сэҥээрбит абитуриеннар тута ханнык тэрилтэлэри кытта дуогабар түһэрсиэххэ сөбүй диэн туоһулаһаллара чахчы. Киин тутар хамыыһыйаттан чопчуласпыппар: “Кэтэхтэн үөрэххэ туттарсааччылар быйылгыттан Тыа хаһаайыстыбатын табаары оҥорон таһаарааччыларын (СХТП) кытта дуогабардаһыахтарын сөп, урукку сылларга итинник суоҕа”, – диэн хоруйдаатылар. Ил Дархан ыйааҕынан ылыллыбыт “2020-2025 сс. тыа сирин территориятын кэлимсэтик сайыннарыы” СӨ судаарыстыбаннай бырагырааматын олоххо киллэрэр инниттэн, тыа хаһаайыстыбатын табаарын оҥорон таһаарар (СХТП) урбаанньыттара уонна тэрилтэлэрэ Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университекка үөрэттэрбит үлэһиттэрин төлөбүрүн ороскуотун итиэннэ үлэ быраактыкатын ааһалларыгар хамнастарын төлөбүрүн, устудьуоннар олорор ороскуоттарын 90 бырыһыаныгар диэри Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ толуйар (субсидия быһыытынан) буолбут. Тыа сирин олохтоохторугар бэрт өйүгү тобулбуттар.
Эбии баал
Хас биирдии үрдүк үөрэх кыһатыгар курдук Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университекка туттарсааччылар биир кэлим эксээмэннэрин (ЕГЭ) баалыгар тус ситиһиилэрин иһин 2-10 баалы эбиниэхтэрин сөп. Ол курдук, ГТО кыһыл, үрүҥ көмүс эбэтэр боруонса значоктаахтар – 2-4 баал, агро-оскуолалары бүтэрбит оҕолор – 5 баал, агротехнологическай хайысхалаах орто үөрэҕи бүтэрбиттэр – 7 баал, араас күрэхтэр, олимпиадалар кыайыылаахтара 10 баалга диэри эбинэр кыахтаахтар. Толору испииһэги университет саайтыгар киирэн көрүөххүтүн сөп.
Докумуоннары тутуу
2022-2023 үөрэх дьылыгар абитуриеннартан күнүскү-кэтэхтэн (очно-заочно) уонна кэтэхтэн (заочно) көрүҥҥэ докумуоннары тутууну тохсунньу 17 күнүттэн саҕалаабыттар. Онтон күнүскү (очно) үөрэхтээһиҥҥэ бэс ыйын 15 күнүттэн тутуохтара. Докумуону түөрт көрүҥүнэн ылаллар: – Университекка бэйэтигэр тиийэн (бары санитарнай ирдэбили тутуһан); – Университет саайтыгар киирэн абитуриент тус кэбиниэтин нөҥүө; – Киин тутар хамыыһыйа электроннай буостатынан; – Судаарыстыбаннай өҥө порталыгар “Поступление в вуз онлайн” сервис нөҥүө; – Арассыыйа буостатынан.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru Хаартыска: СИА
© edersaas.ru сайтан: https://edersaas.ru/ca-a-s-reenneeh-ky-a/