Новости и события АГАТУ
АГАТУ устудьуоннара саха тылыгар диктант суруйдулар
Научнай библиотека ааҕар саалатыгар «Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр» аналлаах тэрээһин үс түһүмэҕинэн ыытылынна. Бастакы түһүмэххэ устудьуоннар төрөөбүт сахатын тылын сайыннарыыга, чинчийиигэ олоҕун анаабыт, саха алфавитын төрүттээбит, лингвист-учуонай Семен Андреевич Новгородов олоҕун уонна айар үлэтин билистилэр.
Научнай библиотека салайааччыта Валерия Ефимова библиотека фондатыттан тылдьыттары, ол иһигэр саха норуотугар сүдү суолталаах үлэ, 15 туомунан тахсыбыт саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьытын көрдөрөн билиһиннэрдэ.
Университет научнай библиотеката уонна иитэр үлэҕэ салаата саха тылын диктанын тэрийэн ыытта. Манна сахалыы таба суруйуу, сурук бэлиэлэрин сөпкө туһаныы учуоттанна. Диктант суруйуутугар кыайыылааҕынан Технология уонна салайыы колледжын ПСО 9-19-2 курсун устудьуона Мария Саввина ааттанна.
«Ыччат сахалыы таба суруйарга холонор уонна сахалыы суруйууну олохсутар сыаллаах маннык диктаннары тэрийэбит», — диэн тэрийээччилэр санааларын үллэстэллэр.
Бары көхтөөхтүк кыттыбыт устудьуоннарга, салайааччыларга Научнай библиотека уонна университет иитэр үлэҕэ отделын аатыттан махталларын тиэрдэллэр!