Новости и события АГАТУ
Сахалыы диктант 2022
Научнай библиотека ааҕар саалатыгар «Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр» аналлаах тэрээһин үс түһүмэҕинэн ыытылынна:
1. Төрөөбүт сахатын тылын сайыннарыыга, чинчийиигэ олоҕун анаабыт, саха алфавитын төрүттээбит, лингвист-учуонай Семен Андреевич Новгородов олоҕор, айар үлэтигэр олоҕуран бэлэмнэммит матырыйаалы билиһиннэрии.
2. Библиотека фондатыттан тылдьыттары, ол иһигэр саха норуотугар сүдү суолталаах үлэ, 15 туомунан тахсыбыт саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьытын көрдөрүү, билиһиннэрии.
3. Сахалыы диктант суруйуу. Буоларын курдук, сахалыы таба суруйуу, сурук бэлиэлэрин сөпкө туһаныы учуоттанна. Түмүккэ, диктант суруйуутугар кыайыылааҕынан Саввина Мария ПСО 9-19-2 ааттанна. Бары көхтөөхтүк кыттыбыт устудьуоннарга, салайааччыларга Научнай библиотека уонна университет иитэр үлэҕэ отделын аатыттан махталбытын тиэрдэбит.