Новости и события АГАТУ
Күндү ааҕааччылар!
Олунньу 13 күнугэр «Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүн» чэрчитинэн анал тэрээһин үс түһүмэҕинэн ыытыллара былааннанар:
1. Наука билимин дуоктара, профессор Константин Максимович Степановы дорҕоон кутун иҥэринэн, алыптаах тыл алыбар ылларан, төрөөбүт тылынан суруйар хомоҕой тыллаах хоһоонньут быһыытынан билиһиннэрии. Константин Максимович ыччакка туһулаан, төрөөбүт төрүт тылбыт туһунан санааларын, сүбэлэрин үллэстиэ.
2. Төрөөбүт сахатын тылын сайыннарыыга, чинчийиигэ олоҕун анаабыт, саха алфавитын төрүттээбит, лингвист-учуонай Семен Андреевич Новгородов олоҕор, айар үлэтигэр олоҕуран бэлэмнэммит матырыйаалы билиһиннэрии.
3. Сахалыы таба суруйуу үөрүйэҕин олохсутар, иҥэрэр сыаллаах «Сахалыы диктант» суруйуута. Манна сахалыы таба суруйуу, сурук бэлиэлэрин сөпкө туһаныы учуоттаныаҕа. Биллэн турар элбэхтик сахалыы ааҕар, саха тылыгар уhулуччу билиилээх кыттааччылар сэмэй бэлэхтэринэн бэлиэтэниэхтэрэ. Бары кыттааччыларга туоhу сурук туттарыллыаҕа.
Үлэһит дуу, үөрэнээччи дуу, кууруһуттан тутулуга суох, баҕа өттүнэн кыттыыны ыларгытыгыр ыҥырабыт! ( факультеттан 8-тыы кыттааччы)
Ыытыллар кэмэ: Олунньу 13 күнэ, күнүс 14:00 чаастан
Ыытыллар сирэ: К.Д. Уткин аатынан Научнай библиотека ааҕар саалата