Новости и события АГАТУ

Новости библиотеки

Афанасий Васильевич Чугунов – Нооһой айар үлэтигэр аналлаах көрсүһүү, устудьуоннарга хоһоон ааҕыытыгар күрэх ыытылынна.

Бүгүн Научнай библиотека ааҕар саалатыгар Саха   Өрөспүүбүлүкэтин Бочуоттаах олохтооҕо, «Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университетын»  тыа хаһаайыстыбатын билимин   дуоктара, профессор, Саха Республикатын билимин академиятын академига, Российскай Федерация уонна Саха Республикатын  билимин үтүөлээх деятелэ,  суруйааччы, публицист,  Россия суруйааччыларын уонна суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, «Доҕордоһуу» уордьан, «Үлэҕэ килбиэнин» иһин мэтээл хаһаайына, Мэҥэ-Хаҥалас оройуонун, Мэлдьэхси нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Афанасий Васильевич Чугунов – Нооһой айар үлэтигэр аналлаах көрсүһүү, устудьуоннарга хоһоон ааҕыытыгар тыҥааһыннаах күрэх ыытылынна.

Кыттыыны ыллылар:
— Громов Виктор, Иванов Василий, Стручков Андрей, Саввин Анатолий, Григорьев Николай  (КТиУ, ЗТ-23) — «Олох араас оһуордара»
— Куприянов Евгений (ФЛКиЗ, АБ-24) — «Түмүк хоһоон»
— Сутаков Петр (ФАБ, РГСЖ-23) — «Е. Н. Ильинаҕа»
— Никитин Михаил  (ФАБ , РГСЖ-23)- «С. Е. Ковроваҕа»
— Горохов Яков (ФАБ, ТОС-24)- «Саха кыыһа»
— Жирков Дархан (ИФ , ИСИТ-24)-  «Устудьуоҥҥа»;
— Никифоров Айтал ( Өктөм филиала, ЗЕМ-24) -«Кэрэҕэ дьулус»
— Колесов Дмитрий ( Өктөм филиала, АГРО-22) — «Ийэм барахсан» диэн хоһоону уонна бэйэтин А.В. Чугуновка анаан суруйбут хоһооно.
Түмүккэ:
1 миэстэ- Жирков Дархан (ИФ, ИСИТ-24)
2 миэстэ — Колесов Дмитрий (ОФ, ЗЕМ-24)
3 миэстэ — Горохов Яков (ФАБ, ТОС-24)
бириистэринэн наҕараадаланнылар, бары кыттааччыларга сертификаттар, преподавателлэр ааттарыттан анал бириэмийэлэр туттарылыннылар.
Бары көхтөөхтүк  кыттыбыт устудьуоннарбытыгар, бэлэмнээбит салайааччыларга   уонна СГД кафедратын коллективыгар, АБ факультетыгар, чуолаан Надежда Константиновна Багметка, Акулина Васильевна Поповаҕа, Зоя Константиновна Сорокоумоваҕа, Галина Александровна Филипповаҕа махталбытын тиэрдэбит.