Новости и события АГАТУ
Сэтинньи 25 күнэ — ОЛОҤХО күнэ
Олоҥхо — саха норуотун тылынан уус-уран айымньытын чыпчаала буолар, үйэттэн үйэҕэ, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн бу күҥҥэ диэри тиийэн кэлбит улуу баайбыт. 2005 сыллаахха, сэтинньи ый 25 күнүгэр ЮНЕСКО Олоҥхону киһи аймах чулуу уус-уран айымньытынан билиммитэ. 2006 сыллаахха Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсэдьиэнин В.А. Штыров 3036 нүөмэрдээх ыйааҕынан, сэтинньи 25 күнэ Олоҥхо күнүнэн биллэриллибитэ.
Бу күҥҥэ анаан К. Д. Уткин аатынан билим бибилэтиэкэтин ааҕар саалатыгар «Олоҥхо алыптаах эйгэтэ» диэн кинигэ быыстапката туруорулунна. Устудьуоннар толорууларынан тэттик устууну эһиги болҕомтоҕутугар таһаарабыт. Бу устууга быйыл төрөөбүтэ 125 сыллаах үбүлүөйдээх олоҥхоһут Прокопий Ядрихинскай – Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта кыыс бухатыыр” олоҥхоттон быһа тардыыны Руслан Эверстов, ФЛКиЗ, АБ-26 группа уонна Ярослав Попов, ФЛКиЗ, ЛД-25 группа устудьуоннара аахтылар. Ону тэҥэ саха киһитэ барыта билэр П. А. Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхотуттан быһа тардыыны Светлана Лепчикова, КТиУ, РУПО-9-26 устудьуона толордо. Оҕолорбут, эдэр ыччат сахалыы тылларын, култуураларын илдьэ сылдьалларын тухары омук быһыытынан эстиэхпит суоҕа, олоҥхобут өссө да өр сылларга үүнэ-сайда туруо диэн эрэл баар.
#Научнаябиблиотека
#Отделповоспитательнойработе