Новости и события АГАТУ

Новости

Үлэ дьоруойа Владимир Михайлов: “Аһы-үөлү оҥорон таһаарааччылар – тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ”

Бугун Арктикатааҕы ГАТУ устудьуоннарыгар бэлиэ түгэн буолла. Кинилэри кытта Россия Үлэ дьоруойа Владимир Африканович Михайлов кэлэн көрүстэ. Владимир Михайловы кытта көрсүһүүгэ кини үлэлиир «Кириэстээх» ТХПК-тын салайааччыта Владимир Семенович Егоров кытынна.
Тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар идэ баһылаан, аны аҕыйах сылынан үлэлии-хамсыы тарҕаһаары сылдьар устудьуон дьон биир идэлээхтэрин, кыайыылаах-хотуулаах үлэтинэн сахатын норуотун аатын бүтүн дойдуга доргуччу ааттаппыт Владимир Африкановиһы кытта утарыта көрсөн, атах тэпсэн олорон кэпсэттилэр.

Владимир Михайлов ыччат дьоҥҥо ыанньыксыт идэтин баһылаабытыттан саҕалаан, күн бүгүҥҥү үлэ-хамнас хаамыытын туһунан сиһилии кэпсээтэ. Салгыы устудьуоннар Үлэ дьоруойуттан бэйэлэрэ ыйытыы биэрэр кыахтаннылар. Дьэ, манна биир идэлээхтэр сиһилии кэпсэтиилэрэ буолла. Арктикатааҕы ГАТУ араас факультеттарын устудьуоннара мустан, Владимир Африканович ынахтарын күҥҥэ хаста аһатарыттан, хас киилэ оту, сиилэһи, комбикорму биэрэриттэн, саҥа төрөөбүт ынаҕы хаста ыырын, ынах синньин хайдах сымнатарыгар тиийэ ыйытыылары биэрдилэр. Зоотехник идэтигэр үөрэнээччилэр бэйэлэрин идэлэрин туһунан интэриэһиргииллэр. Онуоха Владимир Африканович элбэх үүтү ыларга зоотехник ыйыыта-кэрдиитэ сүрүн суолталаах диэн быһаарар – «Ынахтарбын тугунан аһатарым, хайдах, хаста ыырым – бу барыта зоотехник ыйыытынан барар”, — диэн этэр.


Россия Үлэ дьоруойа бэйэтинэн тиийэн кэлбитигэр кини олоҕун, саамай чыпчаал үөрүүтүн түгэннэрин, баҕа санааларын туһунан ыйытыылар эмиэ бэрилиннилэр. «Дьоллоох түгэннэр олохпор үгүстэр. Үлэ дьоруойун үрдүк аатын дойду президенэ Путин илиититтэн тутуу – биир саамай дьоллоох, долгутуулаах түгэн этэ», — диэн эттэ. Оттон баҕа санаалар билигин да бааллар, ол туоларын туһугар туһугар олоробут-үлэлиибит – диэн эдэр дьоҥҥо туһаайда.
Владимир Михайлов мустубут устудьуоннары тыа хаһаайыстыбатын салаатын баһылыырга, сайыннарарга быһаарыныыларын хайҕаата итиэннэ талан ылбыт идэҕитинэн тыа сиригэр тахсан үлэлээҥ-хамсааҥ, дойдугутун сайыннарыҥ — диэн ыҥырда. «Билигин экология мөлтөөн, натуральнай бородуукта сыаннаһа үрдээн турар кэмэ. Дьон доруобуйата астан тутулуктаах, оттон аһы-үөлү оҥорон таһаарааччылар – биһиги. Онон, инникилээх, кэскиллээх идэни талбыккыт, билиигитин-көрүүгүтүн хаҥатыҥ, тыа сирэ эдэр исписэлиистэргэ наадыйар. Билигин тыа хаһаайыстыбатын үлэтэ уларыйан турар, аныгы технологияларынан туһанар кэм кэллэ. Онон, эдэрдэр, эһиги кэмҥит кэллэ», — диэн эттэ.

Эбии хаартыскалар манна бааллар: https://agatu.ru/album/vladimir-afrikanovich-mihajlov-i-vladimir-semenovich-egorov-v-agatu/