Новости и события АГАТУ
Ыам ыйын 22 күнэ. Сайылык күнэ!
2018 сыл сэтинньи 6 күнүнээҕи ыйааҕынан Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ыам ыйын 22 күнүгэр Сайылык күнэ бэлиэтэнэр. Сайылык күнэ үтүмэн үйэлэри уҥуордаан илдьэ кэлбит саха омугун үгэһин үйэтитии, тыа сирин туруу үлэһит киһитин өрө тутар, инники күөҥҥэ таһаарар сырдык сыаллаах. Хороҕор муостааҕы, сыспай сиэллээҕи иитэн олорор өбүгэлэрбит уһун, тымныы кыһын кэнниттэн баччаларга, от-мас тыллыыта, сүөһүлэрин-астарын илдьэ кыстыктарыттан сайылыкка көһөн тахсар үгэстээхтэрэ, айылҕа биэрэр быйаҥын, күөх мэччирэҥи көдьүүстээхтик туһаналлара. Сайылыкка тахсыбыт күҥҥэ ыал барыта алаадьы буһарара, кус сииллэрэ, сири-дойдуну аһаталлара, оҕо-уруу этэҥҥэ сылдьарын, сүөһү-ас этэҥҥэ турарын, уйгуну-быйаҥы биэрэрин туһугар Үрдүкү Айыылартан көрдөһөллөрө.
22 мая- День сайылыка. Дата учреждена Указом Главы Республики Саха (Якутия) 06 ноября 2018 года N 150 «Об учреждении Дня сайылыка в Республике Саха (Якутия)». Праздник нацелен на сохранение национальных традиций и повышение престижа работников сферы сельского хозяйства. Этот день традиционно ознаменовывает начало лета, наступление долгожданной благодатной поры. В этот день якутяне готовят оладьи, варят утиный суп и по доброй традиции угощают своих родных и близких, кормят родную землю, прося у божеств изобильного лета